Сэрии диэн тыл хас биирдии киһини, оҕону дьиксиннэрэр. Биһиги эбээлэрбит, эһээлэрбит оҕо саас диэни билбэккэ, эрэйи-муҥу көрөн-билэн улааппыттара. Мин эбэм Посельская (Большакова) Александра Терентьевна 1945 сыллаахха, балаҕан ыйын 22 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгиттэн төрүттээх. Үлэ бэтэрээнэ, «Сэрии оҕото» диэн мэтээл үрдүк сүгээччитэ. Биэс оҕо истиҥ ийэтэ, биэс сиэн амарах эбээтэ.
Сэрии кэннинээҕи ыар сыллар кыһалҕаларын этининэн-хаанынан толору билбитэ. Эрдэ аҕата суох хааланнар, ийэлэригэр күүс-көмө дьонноро кинилэр.
«Ол кэмнэргэ олох-дьаһах олус ыарахана, кыра эрдэхпиттэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн улааппытым. Аччыктыырбыт диэн эмиэ баара. Үөрэх ылаары Тыытты алаастан түөрт биэрэстэлээх сири сатыы хааман үөрэнэ барарбыт. Аара испит аһыйыар диэри хаптаҕас сиэн, туустаах турнуопуһунан тотон үөрэ-көтө оскуолаҕа тиийэрбит. Аны сүүрэн кэлэммит туруорбах хотоҥҥо сүөһү көрсөрбүт, күтүөппэр Байбалга ынах хомуйсан көмөлөһөрбүт, этэрбэстэрбитин харыстаан устабыт, атах сыгынньах сылдьабыт. Атахпыт тоҥноҕуна ынах сыппыт сиригэр иттэрбит», — диэн эбэм санаан ааһар.
Амарах ийэ, эйэҕэс эбээ, чугас дьонугар сүбэ-ама, күүс-көмө буола олорор. Эбээм доруобай буоллун өссө да уһуннук олордун.
Кыра сиэнэ Дмитрий Тарскай
ПОДЕЛИТЬСЯ: