Сылаас тыал киһи иэдэһин имэрийэ илгийэр. Сарыал кэргэнэ кэлэн санныттан туппутугар соһуйан дьик гына түстэ. Уол, санаатыгар буолан, Олята кэлбитин билбэккэ хаалбыт. Кинилэр холбоспуттара номнуо биэс сыл буолла. Олоҕум маннык ыйаахтаах буолуо диэн түһээн да баттаппат этэ. Ону баара, тугу гыныахтааҕын дьылҕата бэйэтэ салайбыта..Сарыал Саргытын сүтэриэҕиттэн иһэн-аһаан, саарбах соҕус дьону кытта булкуһа сылдьыбыттааҕа. Кистээбитин тоҕус күнүгэр дьоно, ордук ийэтэ кэлэн ыҥыра, илдьэ бара сатаабыттарын үрдүнэн үчүгэйдик сылдьыам диэн элэ-была тылын этэн барсыбатаҕа. Хам-хаадьаа төлөпүөннэһэн билсэрэ. Онтон олох сүппүтэ. Саргытыныын олорбут сырдык-ыраас дьиэтэ киртийэн-хохтуйан, мал-сал быылынан бүрүллэн, киһи кута-сүрэ тохтообот ыыспатыгар кубулуйбута. Үлэтигэр хойутаан дуу, арыгы сыттаах дуу кэллэҕинэ, бииргэ үлэлиир дьоно салайааччыларыттан саһыара, көмүскэһэ сатаан баран, кэнники олох да кыһаммат буолтара. Хайа муҥун кини туһугар эрэ сылдьыахтарай, бэйэлэрэ туспа кыһалҕалаах дьон. Биир сарсыарда үлэтигэр кэлбитэ, остуолугар атын уол олороро. Отдел начаалынньыга Петр Петрович Сарыалы ыҥыран аһаҕастык кэпсэппитэ: кини көтүтүүлэринэн үлэ кодексын ыстатыйанан уһулуохтааҕын эдэрэ бэрдин иһин туттуммутун эппитэ, бэйэтэ баҕа өттүнэн үлэттэн барарын туһунан сайабылыанньа суруйтарбыта уонна харчыгын ыл диэн буҕалтыарыйаҕа ыытан, хамнаһын бэрдэрэн, дьаҕырыйа соҕус эрээри санныга таптайан алҕаан атаарбыта. Ол түгэҥҥэ Сарыал, билигин эбитэ буоллар, бэйэтиттэн кэлэйиэ этэ, оччолорго үлэтэ суох хааллым ээ диэн улаханнык оройдоппокко, хата, харчыланным уонна иллэҥсийдим диэн баран Баанньаны көрсөн арыгы испит киһи диэн үөрүүтэ үрдээбитэ. Төһө өр ампаалыктаспыттара буолла, биирдэ өйдөөбүтэ, таһырдьа сылдьаллара, ол кэннэ тугу да өйдөөбөт. Арай сарсыарда уһуктубута, хата, дьиэтигэр сытар эбит. Хамсыах буолбута, төбөтө ынырыктык ыалдьара, ыарыытын тулуйбакка тура сатаан эрэрэ да, мэлис гынан хаалбыта, онтон эмиэ туран көрөн баран, сыыллар аакка барбыта. Куукунаҕа диэри нэһииччэ тиийэн, ырычаахтаһан туран уу иһээри гыммыта – хааппыла да уу суоҕа. Оннук төһө өр сыппыта биллибэт…
Хата, кини өлбөт быатыгар, күтүөтэ дэриэбинэттэн киирэ сылдьан таарыйан ааһаары Сарыалы булбута. Суһал көмөнү ыҥыран балыыһаҕа киллэртэрбитэ. Уол, кырбанан буолуо, төбөтүгэр улахан эчэйии ылбыт этэ, онон өр балыыһаҕа сыппыта. Бу түгэҥҥэ үрүҥ халааттаах аанньаллар баалларын чахчы билбитэ. Эдэркээн үлэһиттэр сүүрэн-көтөн, ыарыһахтар иннилэригэр илин-кэлин түһэн, эмтээн-томтоон дьон бөҕөнү үтүөрдэн махтал тыллары ылан дьиэлэригэр атаартыыллара. Биир күн Сарыал өйүн булан уһуктубута, ийэтэ кэлэн олороро. Уол кэҥэриитэ аһыйарга дылы гыммыта: ийэтин көрбөтөҕө ырааппыт эбит, барахсана бөкчөччү түһэн, кырдьан хаалбыт курдуга. Уола хамсаабытын көрөн, ийэ барахсан көмүскэтин уута мөл-мөл гыммыта. Оҕото кыра сылдьан олус үөрүнньэҥэ, дьоҥҥо элэккэй сыһыаннааҕа, үөрэҕэр үчүгэй, кылааһыгар көхтөөх, учууталлар чорбото тутар оҕолоро этэ. Оскуола кэнниттэн Москваҕа экономист үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, өссө кыыс сиэтиилээх үөрэн-көтөн кэлбитэ. Бу ийэ саамай улахан дьоло этэ. Оҕом, Сарыалым олоҕун булла, үлэһит буолан, аны ыал аҕатын аатын сүгүө диэбитэ баара… чыпчылыйыах түгэҥҥэ барыта суох буолбута. Кыыһын курдук санаабыт кийиитэ, эрдэттэн тулаайах хаалан эбитэ дуу, эбэтэр бу сиртэн эрдэ барыах быата тарпыта дуу, үөрөн-көтөн, эчи, үчүгэйэ, эйэҕэһэ. Саргы кыратыгар дьоно массыына саахалыгар өлбүттэр, кинини – оҕо дьиэтигэр, оттон балтын, уу эһээхэй оҕону, дьон иитэ ылбыттар үһү. Ол балтын кэнники ыйыталаһа, көрдүү сатаабыта да, булбатаҕа. Кыыс ыарахан буолбутун эппитигэр куустуһан олорон сылласпыттарын, үөрбүттэрин бу баар курдук саныыр. Төрүү киирэригэр Оҕо дьиэтигэр сылдьан ыалдьыбыт урукку ыарыыта өрө туран, быраастар төһө да кыһаллыбыттарын иһин, быыһамматаҕа. Оҕо, мөлтөх буолан, өр барбатаҕа. Ол кэнниттэн уолум иэдэйиэ диэн, илдьэ бараары кэлэ сылдьыбыта ханна баарый?! Сарыала, кини көрдөҕүнэ, арыый да курдуга ээ, үлэлиэм, үчүгэйдик олоруом диэн батынан кээспитэ. Түмүгэр бу буолан сыттаҕа. Хата, кыыһа Даайыс кэргэнин билсиһиннэрэ ыытан, күтүөт киирэн булан, оҕом тыыннаах хааллаҕа диэн иһигэр үөрэр.
– Оҕом сыыһаа, киһи тылын истэн биһигини кытары барсыбаккаҕын бу буоллуҥ дии. Ити астан хайа да киһи үчүгэй буолбута суох… Инникиҥ бэйэҥ илиигэр баар диэн мин эйиэхэ кыраҕыттан үөрэппитим. Өлбүтү кытта өлсүбүт суох, кырдьык, Саргыбыт үчүгэйин бары билэбит, ол гынан баран олох баран иһэр. Билигин бу быраастар эмтээн-томтоон үтүөрдүөхтэрэ. Атаххар туруоҥ, дойдугар барсан сынньанан, санааҕын уоскутан, сэниэ ыларыҥ ордук буолуо дии саныыбын, – диэн ийэтэ уолун илиитин имэрийэн ылбыта.
Сарыал аргыыйдык кэҕис гыммыта. Ийэлээх уол кэпсэтиилэрин быһан Сарыалы эмтиир быраас Ольга Михайловна киирэн кэлбитигэр уоллаах ийэ сык гына түспүттэрэ. Быраас Сарыал анаалыстара арыый да буолбуттарын билиһиннэрбитэ. Ольга Михайловна саҥа үөрэҕин бүтэрэн манна былырыыҥҥыттан үлэлээн эрэр. Эдэр, эрчимнээх кыыһы бииргэ үлэлиир дьоно да, ыарыһахтар да хайыы-үйэ ытыктыы көрөллөрө.
Уонча хонуктааҕыта дьуһуурустубата бүтэн, үлэтиттэн тахсан истэҕинэ, биир киһини наһыылкаҕа көтөҕөн киллэрэн иһэллэрин көрөн тохтуу биэрбитэ, «хаһан көрдүм этэй кинини?» дии санаабыта да, тобулбатаҕа. Киэһэ утуйан туруутугар ийэтэ миннньигэс бэйэлээх кэтилиэттээх ириис буһарбыт этэ. Аҕалара өлүөҕүттэн ийэтэ киниэхэ көһөн киирэн олорор. Инньэ гынан кыыс оҕо курдук бэлэмҥэ сылдьар. Аҕалара тыыннааҕар сайын аайы дьонугар дэриэбинэҕэ тахсан сайылыыра. Дьоно барахсаттар кыыстара 4-с кууруска үөрэнэ киирэригэр биир хостоох дьиэ ылан биэрбиттэрэ. Ол дьиэлэригэр олороллор. Оля кыра сылдьан «мин тоҕо соҕотохпунуй, оҕолор убайдаахтар, эдьиийдээхтэр» диэн кыҥкыйдыыр этэ. Кэнники улаатыыта өссө ханна эрэ эдьиийдээҕин билбитэ да, талаһар солото суох курдуга.
Былырыын төрүүр дьиэҕэ бара сырыттаҕына, киниэхэ майгынныыр гынан баран хап-хатыҥыр кыра кыыс оҕолоно киирбитэ. Ээ, онно көрбүт эбит ити киһини. Ол кыыс барахсан улахан тымныйыылаах буолан, онтуката көбөн өлбүтэ. Онно ити киһи аймаммыта, быраастары үөхпүтэ, ааттаспыта да, кэргэнин сатаан быыһаабатахтара. Киһи түүнү супту балыыһа аттыгар хонон турбутун бииргэ үлэлиир кыргыттарыныын аһына да, уйадыйа да көрбүттэрэ. Ол өйүгэр хатанан хаалбыт. Оҕону быыһыы сатаабыттара даҕаны, мөлтөҕө бэрт буолан, тулуктаспатаҕа. Саамай ыарахана ол күн Ольга ити кини эдьиийэ буоларын билбитэ, хаһан да аймамматаҕын аймаммыта. Ийэтэ кыыһым итинник буолуо диэн сэрэйэн да көрбөккө кэпсээбититтэн кэмсиннэр да хайыай, уоскутар, өйдөтөр аатыгар түспүтэ. Ол чуумпу, тымныы, хаҕыс күнтэн ыла ити кэпсэтиини аны ким да таарыйбат буолбута. Ольга, соҕотоҕун үөскээбит буолан буолуо, улам умна быһыытыйбыта.
Ол аата, ити киһи кини күтүөтэ эбит… Ол иһин Ольга Сарыалы бэйэтэ эмтээри атын быраастан көрдөһөн ылбыта.Уоллаах ийэ быраастарын соһуйа көрөн мах бэрдэрэн олорбуттара. Саргы… Саргы курдук гынан баран этиргэн. Бу тоҥкуруун гынан баран кыһамньылаах кыыһы уол сөбүлүү санаабыта. Саргытыгар майгыннатан наар кинини эрэ кэтэһэр-манаһар буолбута. Күннэр ааһан испиттэрэ, Сарыал туруга биллэ көммүтэ. Буолумуна, Ольга Михайловна кинини туох баар күндү уонна күүстээх эминэн эмтээтэ.
Биир күн күнүскү аһылык кэнниттэн Сарыалы быраас хоһугар ыҥырбыттара. Тиийбитэ, Ольга Михайловнаттан ураты ким да суоҕа.
– Сарыал Афанасьевич, мин сарсын эйигин таһаараары олоробун, дьоҥҥор биллэр, анаалыстарыҥ түмүктэрэ барыта үчүгэйдэр, бу эчэйиигэ эмтэниллэр кууруһу толору ыыттыбыт. Кыаллар буоллаҕына, сылга биирдэ балыыһаҕа киирэн эмтэнэн тахсарыҥ буоллар, олус үчүгэй буолуо этэ. Докумуоҥҥун бүгүн бэлэмнээн кэбиһиэм, – диэбитэ кыыс.
Уол, мух-мах баран, нэһиилэ баһыыбалаабыта эрэ, тахсан барбыта. Оттон Ольга саатар, эдьиийим хаартыскатын көрдөөбөтүм дии саныы хаалбыта.
Ольга ийэтэ кыыһын санаата уларыйбытын, мээнэ күлбэт-үөрбэт буолбутун дьиктиргии көрөрө да, түгэн көһүннэҕинэ кэпсэтиэм дии сылдьыбыта.
Биир киэһэ аһыы олорон:
– Оленька, сыччыай, туох санааҕа ыллардыҥ? – диэн кыыһыгар чэй кутан биэрэ-биэрэ ыйыппыта.
Кыыһа саҥата суох олорбохтуу түһэн баран:
– Ийээ, мин таптаатым, буолаары буолан ыарыһахпын… – диэбитэ.
– Сыччыай, наһаа үчүгэй дии! Буоллун, ыарыһах сааһын тухары ыалдьыбат ээ, эмтэниэ, үтүөрүө буоллаҕа дии, тоойуом, – дии-дии, Маайыс кыыһын сыллаан ылла.
– Суох, суох… буолаары буолан күтүөппүн…
– Ханнык күтүөккүн этэҕин? – Маайыс соһуйан өрө көрбүтэ.
– Хаһан да көрбөтөх, билбэтэх эдьиийим кэргэнин…
Ийэтэ, саҥатыттан матан, хайдах да буолуон билбэккэ олорбута. Кини санаабыта оҕотун бастакы атылын, «ийээ» диэбитин, оччолорго олох да толкуйдаабатах, санаабатах эбит, оҕо улааттаҕына олоҕо маннык түөрэ эргийиэҕин…
Оттон Сарыалга ийэтэ көһөн киирэн олорсон дьиэни-уоту көрөрө, аһын астыыра. Уола сүүрэн-көтөн, үлэ булан үлэлээн эрэриттэн ийэ барахсан үөрэр эрэ. Бу күннэргэ санаалара көнньүөрэн, сэргэхсийэн, саҥа олох суолун туппуттарын хайалара да сэрэйбэт этэ. Киэһэ уола аһыы олорон, били, быраас кыыһы көрсөн кэпсэтиэн, махталын биллэриэн баҕарарын эппитэ. Мааппа мүчүк гыммыта.
Айылҕа кэрэтийэн турар кэмэ. Бэҕэһээ Ольгалаах Сарыал ийэлэрин илдьэ Ольга улааппыт дэриэбинэтигэр кэлбиттэрэ. Кинилэр өбүгэлэрин алаастарыгар кэлэн сылдьаллар. Эбээлэр сиэннэри бүөбэйдээн бокуойдара суох. Ольга ас бэлэмнээн баран кэргэнин ыҥыра тыа саҕатыгар барда. Аргыый аҕай кэлэн, кэргэнин санныттан таарыйан аһылыкка ыҥырда. Сайын чээлэй күөх тыа мутукча сытынан дыргыйан, чыычаахтар ырыалара киһи эрэ күлүөх-оонньуох, санаата көнньүөрүөх кэмэ. Ольгалаах Сарыал сиэттиһэн туран дьоннорун диэки көрбүттэрэ, оҕолоро утары сырсан иһэллэрэ. Кыра кыыстара нэһиилэ сүүрэн туорахачыйан иһэн умса баран түспүтүгэр ийэлээх аҕа, күлүм аллайаат, утары сүүрдүлэр.
Ньургуйаана Скрябина
ПОДЕЛИТЬСЯ: