Мотуруос быйыл 60-чатын туолла. Урукку кэм эбитэ буоллар эмээхсин диэн эбиилээх буолуо этэ. Үйэ уларыйан билигин 60- чалаахтар эмээхсин дэммэттэр, эдэрдэригэр түһээри араастаан оҥостор, эппэрээссийэлэтэр буоланнар, бэл, кэргэн тахсан баран оҕолонор да түбэлтэлэрэ баар. Олох сайдан билигин туохтан да соһуйбаккын.
Билигин Мотрена Ивановна, дэриэбинэтигэр кыра эрдэҕиттэн Мотуруостан атын ааттамматах кыыс, парикмахер идэтигэр үөрэнээри тыаттан куоракка киирэн олохсуйбута номнуо 40-тан тахса сыл буолла.. Эдэригэр кынталдьыйан кыыс да кыыс этэ буоллаҕа, билигин сирэйэ мыччыстыбытын, быһыыта-таһаата куталдьыйбытын иһин. Оҕо эрдэҕиттэн үчүгэйкээнин билинэр буолан дэриэбинэ уолаттарын киһинэн хаһан да аахпат этэ. Сопхуос ыарахан үлэтиттэн күрээн баттах кырыйааччы идэтигэр түбэһиэх киирэн баран, хата кэлин үлэтин сөбүлээбитэ. Дойдутугар бэйэтин кичэйэн көрүнэр кыыска уолаттар саантаан да биэрэллэрэ. Ордук тырахтарыыс Миитээ сордонон да биэрээхтээбитэ, ол эрэн куоракка киирэн «дьолун булуохтаах» кыыс кинини аҥардас күлүү-элэк эрэ гынара. Билигин ол Миитэ ыал-күүс, оҕо, сиэн бөҕө буолан быр-бааччытык дэриэбинэтигэр олорор, Мотуруоһу түһээн да көрбөт буоллаҕа. Кыыс көрбүт киинэлэриттэн, аахпыт кинигэлэриттэн куруук өйүгэр оҥорон көрөр үрдүк уҥуохтаах, спортивнай көрүҥнээх, арылхай харахтаах бааһынай уолугар кэргэн тахсан, оҕо-уруу төрөтөн куорат мааны ыала буолуохтааҕа. Ханна баарый онтуката? Куорат мааны ыалын уола буолуохтааҕар, үрдүк үөрэххэ тыаттан студенныы да киирбит уолаттар Мотуруоска чугаһаабаттар этэ. Көннөрү элэк-хаадьы курдук эдэр дьон икки ардыгар кэпсэтии, итиннэ-манна кыратык «кылк» гыннаран баран имэрийсии, муннукка-ханныкка куустуһуу баар бөҕө буоллаҕа. Онтон күн-дьыл куһугуруу көтөн Мотуруос биирдэ өйдөөбүтэ 60-чалаах эмээхсин буолаахтаабыт эбит. Мотрена Ивановна үйэтин тухары үлэлээн ылбыта диэн арай, биир хостоох квартирата уонна баттах кырыйааччы идэтин содула — атаҕын варикоһа. Кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллибит буолан идэтигэр бэриниилээх, эппиэтинэстээх кыыска сэбиэскэй саҕана бу дьиэни биэрбиттэрэ, онон кырдьар сааһыгар Мотрена Ивановна бэйэтэ бас билэр Дьокуускайга дьиэлээх- уоттаах хоп курдук олохтоох киһи.
Оҕото-уруута суох сулумах киһиэхэ ыалдьыт-хоноһо да сылдьыбат буолбута ыраатта. Бастаан дьахтар дьиэ ыллаҕын утаата, аймахтара үөрэххэ киирбит оҕолорун олордо сатаан илэ-сала көппүттэрэ да, дьахтар ырааҕынан чугаһаппатаҕа. Кини көҥүл-босхо олоҕун бэйэтэ оҥостубута, ону ким да мэһэйдэһиэ суохтааҕа. Кэлин билсэр дьүөгэлэрэ ыал буолан ийэ, эбээ оруолугар төннүбэттии киирэннэр соҕотох дьахтарга эрэ наадыйбаттар. Мотуруос төһө да кинилэр толору күөстүү оргуйар олохторугар таһыгар наадыйбат да курдук туттуннар, кинилэри көрсөн соҕотоҕуттан харахтарын аалыан баҕарбат. Соҕотох аата соҕотох, дьылҕата оннук буоллаҕа. Дэриэбинэтигэр куруук тула көтөр уолаттары бэйэтигэр тэҥнээбэтэҕэ, ордугу булаары куоракка таласпыта маннык буолуо диэн ким билбитэ баарай? Күн-дьыл куһугуруу көппүтэ, күүтүүлээх принц кэллэр кэлэн быстыбатаҕа. Арай, ол оннугар ойохторуттан салҕа быһыытыйан «дьиэ-кэргэн олоҕуттан кыратык сайҕанаары, дууһаларын сынньатаары» гыммыт эр дьон оччоттон баччааҥҥа диэри бааллар бөҕө буоллахтара. Сааһырыыта кинилэр олоҕо суох омуннаах «тапталларыттан» сылайа быһыытыйан Мотуруос кими да чугаһаппат буолбута ыраатта, күннээҕи түбүгэ диэн ыарыйдаҕына ким да көрөр-харайар суох киһитэ буолан балыыһалары кэрийэр, эмтэнэр-томтонор.
Быйыл күһүн хаһааҥҥытааҕар да уһаата. Тыйыс тымныы хойутаан кэлэн ахсынньы ый буолла. Мотуруос күнүс балыыһатыттан анаалыс биэрэн кэлэн иһэн дьиэ иннин харбыы сылдьар киһини көрөн соһуйда. Кинилэр дьиэлэрин таһа кыһын буолла да, хаһан да харбаммат бэйэтэ быдан ырааһырбыт, бэл, тупсаҕай көрүҥнэммит. Мотуруос аргыый хааман кэлэн кирилиэһи дабайан истэҕинэ дьиэ таһын харбааччы, дьахтар соһуйуон иһин, дорооболоһон тоҕо барда. Мотуруос дорооболоһоот сулбу-халбы ааһан иһэн үлэһити уоран «кылап» гына көрдө. Бүтүннүү кырыа буолбут кини саастыыта бараалаах оҕонньор кичэйэ-кичэйэ эрчимнээхтик кирилиэһи харбыы сылдьан Мотуруоһу өрө көрбүтүгэр, дьахтар тоҕо эрэ хараҕын куоттарда. Киэһэ чэйдээн баран ыалыгар Маайа эмээхсиҥҥэ таҕыста. Маайа 80- чатыгар төһө да лаппа чугаһаатар, билигин да сүүрэ- көтө сылдьар тэтиэнэх эмээхсин. Оҕонньоро уонча сыллааҕыта өлбүт буолан соҕотох олорор. Хам- хаадьаа уола кэлэн билсэн, бородуукталаан барар. Маайа бэйэтин тылынан эттэххэ, «киһи илиитигэр киириэр» дылы бэйэтэ туспа олоробохолуур санаалаах. Кини кэпсээнинэн, билигин кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорооччулар 80 бырыһыаннарын кэриҥэ бары кэриэтэ оҕолоох- уруулаах дьон үһү. Дьэ киһи өйдөөбөт олоҕо- дьаһаҕа кэллэ, оҕолонон- урууланан да улаханнык абыраныа суоххун быһыылаах ээ, аныгы үйэҕэ. Кырдьаҕаска мэһэйдэппит аатыран ыаллар чугас аймахтарын, бэл, ийэлээх аҕаларын иитэр дьиэҕэ туттараллар, ким да билигин онтон соһуйбат. Сороҕор, Мотуруос ыала Маайа кэпсээниттэн оҕолорун кытары олорор кырдьаҕастар квартира былдьаһыытыгар, иитэр дьиэҕэ «туттарыллалларын» истэн, ыал буолбатаҕым үчүгэйин дии санааччы.
Ыаллыылар күннээҕини кэпсэтэн ону- маны буолары-буолбаты ыатардылар. Ол кэнниттэн Маайа сэрии сылларыгар хайдах оҕо сылдьан аччыктаабытын кэпсиэхтээҕин сэрэйэ олорор буолан, Мотуруос быһа түһэн ыйыта оҕуста: «Бээ, ити бүгүн саҥа үлэһити көрдүм дии. Таһырдьа дьиэ таһын харбааччы бүгүн саҥа кэлбит дуу, тугуй дуу?». Онуоха Маайата хап-сабар: «Ээ, ити Мэхээһи эттиҥ быһыылаах. Ити Мэхээс мин биир дойдулааҕым. Үнүр ырыынакка көрсүбүтүм, уолун аахха быйыл саҥа көһөн киирбит. Куоракка тэһийэн-тулуйан олорумаары гынным, биир эмэ үлэ баар дуо диэбитин быһа гыммакка, упурабылаассай хампаанньалартан ыйыталаһан ити үлэни булан биэрдим. Хата кини дьолугар үлэһиттэрэ уурайан барбытын иһин «тук» курдук ыллылар»,-диэн кэпсээннээх буолла. Онуоха Мотуруос саарбахтаабыттыы :эттэ: «Биһиги дьиэбит иннэ кыһын хаһан да харбаммат этэ дии. Хата мин соһуйдум бүгүн». «Ээ, ол арыгыһыт киһи хантан харбыай? Биирдэ эмит нэдиэлэ ортотугар кэлэн күнүһүн сүөдэҥнээтэҕинэ баһыыба этэ. Хата бэйэ киһитэ Мэхээс үлэһит бөҕө оҕонньор. Үйэтин тухары тырахтарыыстаабыта, онтон биэнсийэҕэ тахсан баран эмээхсинэ ыалдьар буолан уурайбыта, кинини ыарыылаабыта. Хааппа барахсан үйэтин тухары ыарыһах буолан, оҕонньоро көрөн-истэн өссө тыына уһаабыта. Үс сыллааҕыта таҥаралаабыта, оҕонньор ол иһин быйыл уолугар киирэн сыстан олорор»,- диэн Маайа онтон да атыны элбэҕи кэпсээн эрдэҕинэ Мотуруос дьиэлээтэ.
Мотуруос тоҕо эрэ түүнү быһа утуйбакка эргичиҥнии сытта, арааһы барытын санаата, сарсыарда диэкинэн кыратык нухарыйан ылла. Сарсыныгар Крестьянскай ырыынакка саҥа дьыллааҕы бородуукталары көрө барда. Төһө да бас быстар сыаната буоллар, хайыай, ахтылҕаннаах сылгы хаанын ыллаҕа дии! Эбиэт иннинэ Намтан кэлэр үүккэ уочараттаан билэр дьонун көрсөн ону- маны ыаһахтаста, онтон аа-дьуо дьиэлээтэ. Ахсынньы буолан туман оргуйан олорор, күн кылгаан эрдэ хараҥарар. Хоп- хойуу туман быыһынан ааһар массыыналар уоттара барбах эрэ барыгылдьыһаллар. 80-с сыллардааҕыга тутуллубут КПД дьиэтин таһыгар кэлэн баран Мотуруос олорон кэлэ түһэ сыста. Тыый, туох ааттаах кэрэ харыйата кинилэр дьиэлэрин иннигэр турарый? Бургучуйар туман быыһынан дьоҕус харыйа уота-күөһэ хараҥаран эрэр халлааны утарылаһардыы кылабаччыйа, угуйа-ыҥыра турара кэрэтиэн!!! Мотуруос эмискэ ис-иһиттэн үөрэн, харыйаны сэҥээрэн аҕай көрө турдаҕына, туман быыһыттан сиппиирдээх дьиэ харбааччы тахсан кэллэ уонна дорооболосто. Дьахтар көрдөҕүнэ син сэнэх сэбэрэлээх кыаһаан киһи Мотуруоска бу харыйаны управляющай хампаанньалартан көрдөөн ылбытын, хата кинилэргэ баар таһырдьа умайар гирлянда баарыттан бэриһиннэрбитин үөрэ- көтө кэпсээтэ. Мотуруос билбэт киһитин кытта симиттибэккэ кэпсэтэн иһэн, эмискэ саҥа хара саһыл бэргэһэтин харыстаан кэппэккэ, эргэ нэк бэргэһэнэн турарын өйдөөн саҥата- иҥэтэ мэлийдэ, түргэнник бакаалаһаат, дьиэлээтэ. Дьиэтигэр киирээт, балкоҥҥа тахсан арыый да сэнэх унтуутун уонна хара саһыл бэргэһэтин булан киллэрдэ, кичэллээхтик ириэрэ уурда. Дьахтар ол киэһэ Россия ханаалга таптал туһунан сериалы көрөн сүрдээҕин сөбүлээтэ, киҥинэйэн ыллыы- ыллыы оронун оҥостон утуйан хаалла.
Сарсыныгар астына утуйан хойутаан турда, оронугар сытан тыыллаҥнаата, сэбэрэтин, бөгүүрэтин көрүнээт, сэрээккэлээбэт бэйэтэ сэрээккэлээтэ. Онтон кичэйэн уоһун-тииһин биллэр биллибэт эрэ гына оҥостон баран сыаналаах хара саһыл бэргэһэтин, саҥатыҥы унтуутун атаҕар анньынан нуорка сонун кэтэн маҕаһыыннаата. Таһырдьа тахсаат тэлгэһэ бэрт кичэллээхтик хомуллубутн көрөн тоҕо эрэ настырыанньата түһэн ылла, аа- дьуо маҕаһыыннаата. Маҕаһыынтан тугу улаханы ылыай, оҥойор айаҕар аһа халадыынньыкка турдаҕа эбээт. Дьиэтин таһыгар кэлэн эргим-ургум көрө сатаата да, сиппиирдээх киһи суох буолла. Сарсыҥҥы, өйүүҥҥү күннэр эмиэ ити курдук аа-дьуо сыыллан аастылар. Бээтинсэҕэ бырааһыгар бараары дьиэ аанын аспыта, сиппиирин туппут Мэхээс бу турар буолан биэрдэ. Оҕонньор кинини көрөөт үөрдэ, дорооболоһон үтүлүгүн устан илиитин биэрдэ. «Бачча тымныыга тугун эмиэ сыгынньах илиинэн дорооботой?»,-дии саныы- саныы Мотуруос үтүлүктээх илиитин утары уунна. Дьахтардаах эр киһи хаһааҥҥыттан эрэ билсэр дьоннуу үөрэ- көтө сэһэргэстилэр, Мотуруос бырааһыгар бириэмэтэ кэлбэтэҕэ да буоллар, өссө да үөрэ-көтө тымныыны билиммэккэ туруох эбит. Ол күнтэн ыла дьахтар таһырдьа таҕыста да кэрэчээн харыйаны көрөн сүргэтэ көтөҕүллэр буолла. Кэрэ бэйэлээх уоттаах- күөстээх харыйа абылыы, сыдьаайа турара үчүгэйин эриэхсит! Мэхээһи көрбөтөх күнүгэр харыйата хайдах эрэ уота-күөһэ суох барбах эрэ чыпчылыҥныыр курдук буолла, онтон Мэхээһи кытта сэһэргэспит күнүгэр, харыйачаан тоҕо эрэ ордук чаҕылыйан умайар, алыптаахтык чипчиҥниир. Мотуруос Саҥа дьыл чугаһаатаҕын ахсын санаата көнөн, киҥинэйэн ылллыы сылдьар буолбутун, бэл, Маайата өйдөөн көрөн киниэхэ эттэ. Ыала эмээхсин элбэх кэпсээниттэн сылыктаатахха, Мэхээс кини туһунан балай эмэ ыйыталаспыт быһыылаах. Мотуруос ону эмиэ да долгуйа, эмиэ да сонньуйа иһиттэ. Сиэркилэҕэ көрүннэҕинэ, олох эдэр дьахтардыы имэ тэтэрэн, дьүһүнэ тупсан иһэрин бэйэтэ бэлиэтии санаата. Онтон Мэхээс Маайаҕа сотору- сотору ыалдьыттыыр аатыран кэлэн олороро элбээтэ, үһүөн сороҕор лотуолаан, ардыгар хаартылаан күнү-дьылы биллэрбэккэ аһарар буоллулар. Оҕонньор дьахталларга кэпсээниттэн иһиттэххэ куоракка хайдах эрэ тэһийбэт курдук эбит, кимниин да баллыгыраһара суох буолан тэһииркээн ылар эбит. Хата: «Маайалыын көрсүөхпүттэн кэпсэтэр киһилэнним ээ», дии- дии Мэхээс тоҕо эрэ Мотуруос диэки эйэҕэс баҕайытык көрбүтүгэр дьахтар долгуйан имэ кытара кыыста. Айылҕа айбытынан эр киһи уонна дьахтар икки ардыгар үтүө сыһыан үөскээн эрэрэ эдэргэ да, эмэҥҥэ да долгутуулаах түгэн буоллаҕа! Оҕонньор сиэнэ Миисэттэн эрэ күнэ тахсар буолан күнү-күннүктээн сиэнин кэпсиириттэн, Мотуруос ол оҕону чугастык саныыр буолла. Миисэ уолчаан уруогун ааҕарыттан, төлөпүөҥҥэ олорон дьонуттан мөҕүллэриттэн, эһэтинээн киинэҕэ сылдьалларын туһунан кэпсээни Мотуруос саҥата суох истэр эрэ. Эр дьоннор барахсаттар, оччоттон бачааҥҥа диэри, кинилэр айахтарыттан көмүс тохторун курдук, уһун ырбаахылаахтар көрсүөтүк истэн олороллоруттан өссө тэптэн сэһэннэрэ-сэппэннэрэ элбиирэ ханна барыай? Онон да буоллаҕа, Мэхээс даҕаны бу элбэх саҥата суох, кичэллээхтик бэйэтин көрүнэр, бэйэтиттэн эдэрси дьахтары сөбүлээн онон- манан сылтаҕыран Маайаттан арахпат буолбута, туора дьон хараҕар биллэрдик көстөн эрдэҕэ.
Өр күүттэриэ баара дуо, саҥа дьыл түүнэ тигинээн тиийэн кэллэ. Маайа оҕолорун кытары бырааһынньыктыыр аатыран уолун аахха барбыта хас да хонно. Мэхээстээх Мотуруос сибээстиир киһилэрэ Маайа дьонугар баран сүтүөҕүттэн, таһырдьа эрэ көрсөн кэпсэтэр буоллулар. Ахсынньы аам-даам тымныытыгар таһырдьа сэлэһэ турар манан аҕай буолбатах. Таһырдьа турар харыйачаан Мотуруос санаатыгар дэлби тоҥон, куччаан хаалла, бэл, уота- күөһэ мөлтөөбүт курдук буолла. Хаһыс да сылын соҕотоҕун саҥа дьылы ылла ини, ылбата ини эрээри, Мотуруос быйыл бырааһынньыгы тоҕо эрэ ыараханнык ылынна. Аһын астаан, остуолун тардан баран саалатыгар киирэн уотун да умаппакка дьыбааныгар сытта. Соҕотох буолар диэн куһаҕаныын, аттыгар куоскатыттан ураты ким да саҥарбата-иҥэрбэтэ хобдоҕуун…. Мотуруос саҥата суох сытан өөр да өр ытаата. Онтон хайдах эрэ чэпчээтэ уонна 12 чааска бэрэсидьиэн этиитин истэ-истэ сампааныттан сыпсырыйа олордо. Тэлэбииһэринэн араас ырыаны-тойугу көрө олордоҕуна, арай, аанын звоноктаатылар. Дьахтар соһуйбутуттан чэйигэр хара сыста. Улаханнык тыаһаабакка тиийэн глазогунан көрөөт, сүрэҕэ биллиргэччи тэбиэлээтэ. Охто сыһа-сыһа оронугар тэлгэтэ уурбут мааны былааччыйатын кэтэ турдаҕына, өлүү түбэлтэлээх аан звонога тыаһаабат буолла. Дьахтар глазогунан көрбүтэ киим да суох. Мотуруос тиэтэлинэн ааны аһа баттаабытыгар, Мэхээс оруобуна звонокка илиитин уунан иһэн ааҥҥа сүүһүн өлөрдө. Икки өттүттэн соһуйбуттара бэрдиттэн балачча көрсөн турдулар уонна эмискэ иккиэн тэбис-тэҥҥэ күлүстүлэр. Онтон киэһэ Мэхээс кытарбыт сүүһэ эмтэннэ, бырааһынньык кэлбитинэн сампаан иһилиннэ, онтон утуйар хоско уот умулунна…Арай, таһырдьа турар харыйачаан уота-күөһэ халлааны сырдатан өссө сыдьаайда, тула барыта киэркэйдэ.
Сотору Маайа үөрүөн быатыгар, Мэхээс Мотуруоска көһөн кэллэ, Миисэ уолчаан эһээлээх эбээтигэр өрөбүлгэ кэлэн даххаһыйан, атаахтаан барара үгэскэ кубулуйда. Дьокуускай Хотун ол онтон туга да уларыйбата, олох аа-дьуо бэйэтин дьаалатынан уһунна, арай, хойутаан да буоллар булсубут таптаһар сүрэхтэр дьоллоруттан харыйачаан өссө тубуста, киэркэйэ сыдьаайда.
Логло
ПОДЕЛИТЬСЯ: